Грузия ССР

Грузия Сэбиэскэй Социалистическэй Республика
საქართველოს საბჭოთა სოციალისტური რესპუბლიკა
Flag of Грузия ССР Coat of arms of Грузия ССР
Ыҥырыыта: პროლეტარებო ყველა ქვეყნისა, შეერთდით! (Аан дойду пролетариаттара, холбоһун!)
Location of Грузия ССР
Location of Грузия ССР
Киин куоратаТбилиси
Ил тыла Грузин тыла, Нуучча тыла
Иэнэ
 -  Бүтүн 69 700 km² 
26 911 sq mi 
Олохтоохторо
 -   estimate 5.440.000 
Валюта Солкуобай (RUB)
Кэм зоната UTC +4

Грузия Сэбиэскэй Социалистическэй Республика (нуч. Грузинская Советская Социалистическая Республика, груз. საქართველოს საბჭოთა სოციალისტური რესპუბლიკა) - ССРС өрөспүүбүлүкэтэ. Киин куората - Тбилиси.

Остуоруйа

Грузия ЗСФСР састаабыгар

1922-с сылга, ахсынньы 13 күнүгэр, Грузия АССР Закавказскай Сэбиэскэй Федеративнай Социалистичискэй Республиката киирбитэ. Ахсынньы 30 күнүгэр УССР, БССР, РСФСР уонна ЗСФСР ССРС диэн дойдуну оҥорбуттара.

ССРС дьаһалтаттан элбэх киһи Грузияттан сылдьыбыта - И.В. Сталин, Г.К. Орджоникидзе уонна да атыннар.

1936-с сылга ЗСФСР үс өрөспүүбүлүкэҕэ уонна түөрт автономнай өрөспүүбүлүкэлэрэ тахсыбыттара: Грузия ССР (Соҕуруу Осетия АССР, Абхааз АССР, Адьаар АССР), Азербайдьан ССР (Нахичевань АССР), Эрмээн ССР.

Грузия аҕа дойду улуу сэрии кэмигэр

Грузияттан 700 тыһ. киһи сэриигэ барбыта, 240 тыһ. киһи орденнары эбэтэр мэдээллэри ылбыттара, 137 киһи "Герой Советского Союза" диэн званияны ылбыта[1].

Грузия ССРС састаабыгар

1956-с сылга, Тбилисиҕэ уонна атын улахан Грузия куораттарыгар миитиҥнэр ааспыттара, Сталин "культ личности" Никита Хрущев отменяяйдаабыт кэнниттэн.

1978-с сылга, Тбилисиҕэ уонна атын улахан Грузия куораттарыгар нуучча тылын эрэ ил тылын оҥороору гыммыттара, ол иһин миитиҥнэр саҥаламмыттара.

Грузия былааҕа. 1990-2004.

1990-с сылга, Грузия ССРын сэбиэтэ укаһынан, "Республика Грузия" диэн буолбуттара.

Административно-территориальнай деленията

  • Абхааз АССР - атын АССРтан уратылаах, Абхааз АССР быдан элбэх автономиялаах этэ.
  • Соҕуруу Осетия АССР.
  • Адьаар АССР.

Олохтоохторо

Грузия ССР норуоттарынан[2]
Норуот 1970 1979 1989
Грузиннар 3.131.000 3.430.000 3.787.000
Эрмээннэр 452.000 448.000 437.000
Нууччалар 397.000 372.000 341.000
Азербайдьааннар 218.000 255.000 307.000
Осетиннар 150.000 161.000 164.000
Абхаазтар 79.000 85.000 96.000

Быһаарыылар

  1. https://sputnik-georgia.ru/20210509/Gruziya-v-Velikuyu-Otechestvennuyu-voynu-krepkiy-tyl-i-tysyachi-voinov-248259153.html
  2. https://www.demoscope.ru/weekly/ssp/census.php?cy=6