Иисус Христос

 
Исус Христос
Кыдьыга суох төрөтүү • Кириэскэ тиирии • Тиллии
Олохторо
Таҥара дьиэтэ • New Covenant
Апостоллар • Хоруоллук • Эвангелиум • Кэм кэрдииhэ
Библия
Эргэ Кэриэс • Саҥа Кэриэс
Кинигэлэр • Канон • Апокриф
Христиан теологията
Тринити • (Аҕа • Уол • Ытык Тыын)
Теология историята • Аполегетика
Историята уонна үгэстэрэ
Эрдэтээҥҥи • Сүбэлэр • Үөрэх • Сорудахтар
Улуу схизма • Кириэс сэриилэрэ • Реформация
Христианизм салаалара
Христианизм топиктара
Тарҕатыы • Үҥүү • Экуменизм
Атын итэҕэллэрдиин сыhыан • Хамсааhыннар
Музыка • Литургия • Халандаар
Бэлиэлэр • Дьоҕур • Сэмэлээhин
Исус мозаикаҕа. Sant'Apollinare Nuovo базиликата, Равенна, Италия.

Исус Назареттааҕы эбэтэр Иисус Христос (был.-гириэк. Ἰησοῦς Χριστός) (7-2 б.э.и. Бэтлэhэм, Иудея — 26-36 Голгота, Иудея) диэн Христианизм сүрүн киhитэ уонна христианнар үгүстэрэ итэҕэйэринэн, Таҥара уола уонна сирэйдэниитэ.

Ислаамҥа Корааҥҥа Иса диэн ааттанар уонна көрбүөччүнэн ааҕыллар. Сорох атын да итэҕэллэргэ тутаах суолталаах киhинэн ааҕыллар.

Аатын суолтата

Иисус — былыргы дьэбириэйдэр ישוע (Йешу́а) диэн ааттарын былыргы гириэк тылынан суруллуутун Ιησούς билиҥҥи нуучча сыаркаба итинник ааттыыр. Йешуа диэн аат יהושע [Йеhошу́а] диэнтэн кылгатыллыбыта (икки олохтоох — «Йеhова» уонна «Быыһаныы»). Патриарх Ньыыкан реформатын иннигэр нууччалыы биир «и» буукубалаах суруллар эбит: «Iсус». Ньыыкан гириэк барылыгар чугаһатан «Iисус» диэбит.

Йеһошуа — былыргы дьэбириэйдэргэ тарҕаммыт аат. Дьэбириэйдэргэ сирдэрин төннөрөргө төһүү буолбут киһи, Моисей үөрэнээччитэ Йехошу́а бин Нун (барыллаан б.э. инн. XV—XIV үйэлэргэ олорбут) диэн ааттаах этэ, синод нууччалыы тылбааһынан Иисус Навин.

Христос — христианнар көрөллөрүнэн Иисус оруолун көрдөрөр хос аат. Χριστός диэн гириэк аата ивриттэн משׁיח (Маши́ах) арамей тылыттан משיחא (Меши́ха) диэн тыллар тылбаастара. Суолтата «таҥара талыыта» (помазанник, мессия).