Сэтинньи 11

Сэтинньи 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 315-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 316-c күнэ). Сыл бүтүө 50 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Ангола Ангола — Тутулуга суох буолуу күнэ (Португалияттан 1975 сыллаахха)
  • Бельгия Бельгия — Дьахтар күнэ
  • Бутан Бутан — Джигме Сингье Вангчук хоруол төрөөбүт күнэ
  • Германия Германия, Нидерланд Нидерланд уо.д.а. — 11-с ый 11-с күнүн 11 чаас 11 мүнүүтэтигэр карнаваал саҕаланар
  • Ииндийэ Ииндийэ — Үөрэх күнэ. Дойду бастакы үөрэҕин миниистирин Абул Калам Азад төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
  • Колумбия Колумбия — Картахена тутулуга суох буолуутун күнэ. Бу күн өрөбүлгэ түбэстэҕинэ аныгыскы бэнидиэнньиккэ өрүүллэр
  • Кытай Кытай — Сулумахтар күннэрэ. 11-с ый 11-с хонугар бэлиэтэнэр. Биир сыыппара соҕотох сылдьыыны кытта ситимнээҕин иһин бэлиэтиир буолбуттар
  • Латвия Латвия — Лачплесис күнэ. Лачплесис диэн латыш эпоһын дьоруойа, ийэ дойдуну көмүскээһин сиимбэлэ
  • Мальдив арыылара Мальдив арыылара — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
  • Нидерланд Нидерланд — Синт-Мартен, сибэтиэй Мартин күнэ
  • Польша Польша — Польша тутулуга суох буолуутун күнэ. 1918 сыллаахха 123 сыл буолан баран Польша туспа судаарыстыба буолбута
  • Соҕуруу Кэриэйэ Соҕуруу Кэриэйэ — Пеперо күнэ ((빼빼로), тапталга аналлаах күн. Таптаһааччылар пеперо диэн ааттанар сакалаат бэлэхтэһэллэр
  • Хорватия Хорватия — Оҕо көмүскэлин күнэ
  • Бастакы Аан дойду сэриитин кытта ситимнээх күннэр:
    • Бельгия Бельгия, Франция Франция, Саҥа Зеландия Саҥа Зеландия — Эйэлэһии күнэ. Аан дойду бастакы сэриитэ бүтүүтүн кытта ситимнээх
    • Сербия Сербия — Аан дойду бастакы сэриитигэр эйэлэһии ситиһиллибит күнэ.
    • Улуу Британия Улуу Британия уонна кини урукку холуонньалара (Австралияны, Канааданы киллэрэн туран) — бастакы аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ («Кыһыл маак күнэ»)
    • АХШ АХШ — Бэтэрээннэр күннэрэ. Бастаан Аан дойду бастакы сэриитин бэтэрээннэрин ахтар күн быһыытынан олохтоммута, онтон 1954 сыллаахтан бары сэриилэр бэтэрээннэрин ахтар күҥҥэ кубулуйбута.

Түбэлтэлэр

  • 1028 — Византия импиэрийэтин 66 сыл салайбыт уонна салайсыбыт Константин VIII ыраахтааҕы өлбүт.
  • 1572 — Астроном Тихо Браге "саҥа сулус" эстиитин көрбүт (сверхновая SN 1572).
  • 1480 — Угра өрүскэ күөнтэһэн туруу түмүктэммит: Улахан Ордуу хаана Ахмат сэриитин дьиэтигэр төннөрөргө быһаарыммыт. Бу кэнниттэн Москуба кинээстибэтэ салалталаах Нуучча улууһа Монгуол илиттэн арахсан барыыта, туспа судаарыстыба буолуута саҕаламмыта.
  • 1673 – Хотин анныгар Иккис кыргыһыы буолбут, Ян Собескай баһылыктаах Речь Посполита сэриитэ Осмаан аармыйатын кыайбыт. Кыргыһыыга Казимир Семенович оҥорбут ракеталара ситиһиилээхтик туттуллубуттар.
  • 1675Готфрид Лейбниц аан бастаан интеграл көмөтүнэн маннык графигы туһанан y = ƒ ( x ) иэни булары көрдөрбүт.
  • 1843Данияҕа Ганс Кристиан Андерсен «Куһаҕан кусчаан» остуоруйата аан бастаан бэчээттэммит.
  • 1869Австралияҕа Виктория штат олохтоох омуктарын "көмүскүүр" туһунан сокуон ылыныллыбыт. Бу сокуонунан бырабыыталыстыба олохтоохтор бэйэлэрэ уонна оҕолоро ханна олороллорун хонтуруоллуур кыахтаммыта. Тиһэҕэр, оҕолору күүстэринэн дьонноруттан былдьаан, интэринээттэргэ көһөртөөн «уоруллубут көлүөнэлэр» баар буолууларыгар тириэрдибитэ.
  • 1917 (эргэ истиилинэн алтынньы 29) — Саха сиринээҕи наассыйалыы кэмитиэт, Саха сиринээҕи бэдэрэлиистэр турудобуой сойуустарын Киин кэмитиэтэ уонна "Саха аймах" култуура-сырдатар уопсастыба холбоһуктаах мунньахтарыгар Петроградка буолбут өрө туран былааһы былдьааһыны утарар өрөсөлүүссүйэ ылыныллыбыт.
  • 1918Франция Компьен куоратын аттыгар Германия уонна Франция икки ардыларыгар эйэлэһии дуогабара түһэрсиллибит. Бу түбэлтэни Аан дойду бастакы сэриитэ түмүктэммит күнүнэн ааҕаллар. Сэрии бүтэһиктээхтик түмүктэрин Версаллааҕы эйэ дуогабара олохтообута.
  • 1918 — Урут Иркутскай , онтон Германия Магдебург хаайыыларыгар сыппыт Юзеф Пилсудскай Польшаҕа Судаарыстыба быстах кэминээҕи баһылыгынан анаммыт.
  • 1937 — дьоппуоннар Шанхаайы сэриилээн ылбыттар.
  • 1944 — Грецияҕа саҥа драхма киирбит.
  • 1975Ангола Португалияттан тутулуга суох буолбут.
  • 1992 — Англия сыаркабын генеральнай синода дьахталлар аҕабыыт буолалларын көҥүллүүргэ куоластаабыт.
  • 1995Иван Спиридонов, Климент Корякин, Михаил Габышев, Иван Павлов Ойуунускай аатынан Судаарыстыба бириэмийэтин ылбыттар.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1946 — Николай Бурденко (1876 төр.), хирург, сэбиэскэй нейрохирургияны төрүттээччи, ССРС Мэдиссиинэ билимнэрин акадьыамыйатын бастакы бэрэсидьиэнэ (1944—1946).
  • 2004 — Ясир Арафат (1929 төр.), Палестинаны босхолуур тэрилтэ ситэриилээх кэмитиэтин бэрэстээтэлэ (1969—2004), Нобель Эйэ бириэмийэтин лауреата.
  • 2005 — Питер Друкер (1909 төр.), АХШ экэнэмииһэ, мэнидьимиэн(менеджмент) аныгы түөрүйэтин аҕата.