Өрөгөй ырыата

Өрөгөй ырыата — дойду эбэтэр ханнык эрэ дьон бөлөҕүн бэлиэ түгэннэргэ толоруллар ырыата. Дойду ырыата дьаралыгы уонна былааҕы (дуоҕаны) кытта дойду ытык бэлиэтэ буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыата М.Е. Тимофеев, С.И. Тарасов тылларыгар 2004 сыл от ыйын 15 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин 313-III нүөмэрдээх сокуонунан бигэргэтиллибитэ. Нуучча тылыгар В.Н. Федоров тылбаастаабыта. Мелодиятын К.А. Герасимов суруйбута.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыата

Бастакы куплета
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Иккис куплета
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Үһүс куплета
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!