Радон
Радон (Radon) диэн биир химия ууһуга. Химия бэлиэтэ Rn, атом нүөмэрэ 86. Периодтаах таабыл 18 бөлөҕөр киирэр мааны гаас, радиоактив. Өҥө, сыта, амтана суох гаас. Радон баарын аан бастаан 1899 сылга Америка физига Роберт Оуэн ториум үрэллиитин кэмигэр булан көрбүтэ. Радон ордук бигэ изотоба 222Rn (T1/2 = 3,823 хонук). Айылҕаҕа дэҥ кэриэтэ көстөр. Чиҥэ 9.9 г/л (0°C кыраадыска), ууллар температурата 71°C, оргуйар температурата –61.8°C. Фтордуун хардаһан фторид (RnF2) буолар. Уулук радону 500°C кыраадыска аһытар. Толуолга, фенолга, ууга суураланнаҕына клатраттар үөскүүллэр. Радону радиум туустарыттан ылаллар. Радон алыс абалаах, киһи этигэр-хааныгар улахан буортулаах ууһук буолар. Арахсыытын саҕана көппөт оҥоһуктары үөскэтэр (Po, Bі, Pb изотоптара).