1927
Сыллар |
---|
1923 1924 1925 1926 — 1927 — 1928 1929 1930 1931 |
Уоннуу сыллар |
1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1927 сыл.
Туох буолбута
- Тохсунньу 12 — Ташкент куоратыгар Саҥа Түүр Алпаабытын Бүтүн Сойуустааҕы Киин кэмитиэтин (ВЦК НТА) Пленума түмүктэммит. Бу мунньахха Саха сирин аатыттан ВЦИК чилиэнэ Василий Леонтьев кыттыбыт.
Олунньу
- Олунньу 3 — Порту куоракка Португалия байыаннай диктатууратын утары өрө туруу күөдьүйбүт.
- Олунньу 7 — Дьокуускайга I Бүтүн Саха сиринээҕи кыра омуктар сийиэстэрэ саҕаламмыт, олунньу 13 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ 27 эбэҥки, чукча уонна дьүкээгир омуктарын дэлэгээттэрэ 11 улуустан мустубуттар.
- Олунньу 20 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкуомун бэһис ыҥыырытын бастакы пленума буолбут. Исидор Барахов обкуом бастакы сэкиритээринэн талыллыбыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 16 — Саха АССР салайааччыта Максим Аммосов саха интеллигиэнсийэтигэр дьон олоҕун-дьаһаҕын, культууратын, этиин-хаанын чэбдигирдэргэ актыыбынай кыттыыны ылалларын туһугар аһаҕас сурук суруйбут. Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн саха дьоно эт-хаан өттүнэн эстээри гыммыттарын, киин уонна Бүлүү улуустарын сорох сирдэригэр дьон ахсаана аҕыйаан иһэрин эппит. Чуолаан оҕолор уонна дьахталлар өлүүлэрэ элбэҕин ыйбыт.
- Кулун тутар 16 — Сир баайа көстүбүт сирдэрин сиһилии чинчийэр уонна туһанар туһугар Саха сиринээҕи горно-техниичэскэй хонтуора тэрийиллибит.
Муус устар
- Муус устар 3 — Москубаҕа саха устудьуоннарын түмсүүлэригэр этнограф Гавриил Ксенофонтов саха төрдүн туһунан дакылаат аахпыт. Атырдьах ыйыгар бу дакылаат "Автономная Якутия" хаһыакка бэчээттэммит.
- Муус устар 12 — Чан Кайши Нанкиҥҥа уонна Шанхайга былааһы былдьаабыт, Шанхайга хомуньуустары өлөртөрбүт.
Бэс ыйа
- Навигация саҕаламмытын кэннэ Саха сиригэр борокуотунан үс бастакы "Фордзон-Путиловец" тыраахтар кэлбит[1]. Бастакы тырахтарыыстары өссө 1925 сыллаахха үөрэттэрбиттэрэ.
- ВКП(б) Киин кэмитиэтин "Хомуньуус өрөбөлүүссүйэтэ" (Коммунистическая революция) сурунаалын алтыс нүөмэригэр Аршаруни́ (дьиҥнээх араспаанньата Чинарьян) "Омугумсуйуу идеологиятын утары охсуһууга" (В борьбе с националистической идеологией) диэн ааттаах, Саха сирин салайааччыларын уонна суруйааччыларын утары ис хоһоонноох уодаһыннаах ыстатыйата тахсыбыт. Ааптар бу ыстатыйаҕа өрөспүүбүлүкэни ССРС-тан араара сатыыр күүстэр баалларын туһунан эппит. Чинчийээччилэр сыаналыылларынан бу ыстатыйаттан саҕалаан сахалары омугумсуйууга буруйдааһын репрессиялыыр механизма саҕаламмыта. Бу кэнниттэн биир сыл буолан баран атырдьах ыйын 11 күнүгэр "Правда" хаһыакка "О положении в Якутской организации" диэн ВКП(б) КК уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах өрөспүүбүлүкэ хомуньуустарын омугумсуйар интэлигиэнсийэни былааска таһааралларыгар буруйдаабыта.
- Бэс ыйын 23 — Максим Аммосов салалталаах Саха АССР-ы чинчийэр хамыыһыйа уурааҕынан Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын киин опытнай станцията тэриллибит. Мантан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.
От ыйа
- От ыйын 16 — Новгородов сахалыы алпабыытын уларытар хамыыһыйа мунньахтаабыт, кыттыыны ылбыттар Исидор Барахов, Максим Аммосов, Василий Леонтьев, Петр Яковлев, А.Д. Попов, Серафим Потапов, Степан Гоголев, Алексей Иванов — Күндэ уонна Кузьма Гаврилов. Хамыыһыйа бэчээккэ 33 буукуба оннугар 31 буукубаны уонна уһатыы бэлиэтин, ону кытары сурукка 35 буукуба оннугар 32 буукубаны уонна уһатыы бэлиэтин ылыммыт.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 10 — Ксенофонтов-Артемьев саагыбарыгар (конфедералистар хамсааһыннарыгар) уорбаламмыт саха интеллигиэнсийэтин ОГПУ маассабайдык хаайан саҕалаабыт. Саагыбар салайааччылара бэйэлэрин дойдуларыгар хорҕойбуттар: Павел Ксенофонтов — Арҕаа Хаҥаласка, Михаил Артемьев — Амма улууһугар.
- Балаҕан ыйын 17 — Илин Хаҥалас улууһугар Кудома диэн сиргэ конфедералистар баартыйаларын устаабын уонна бырагырааматын ылыммыттар.
- Балаҕан ыйын 18 — Конфедералистар хамсааһыннарын хам баттааһын кэмигэр ОГПУ Василий Никифоров - Күлүмнүүрү хаайбыт. Эһиилигэр кини Новосибирскай куорат түрмэтин балыыһатыгар 62 сааһыгар өлбүт. 1992 сыллаахха реабилитацияламмыта.
Алтынньы
- Алтынньы 1 — Дьокуускайга Содур ыарыыларын эмтиир (венерология) диспансер аһыллыбыт.
- Алтынньы 23 — Тааттаҕа Эдуард Пекарскай аатын оскуолаҕа иҥэрбиттэр.
Сэтинньи
- Сэтинньи 7 — "По заветам Ильича" ("Красная Якутия") хаһыкка Саха сирин ВКП(б) обкуомун бастакы сэкиритээрэ Исидор Барахов "К 10-летию Октябрьской революции" ыстатыйата бэчээттэммит. Манна Барахов үбүлүөй көннөрү сыллааҕы бырааһынньык курдук бэлиэтэниэҕэ, дьиҥнээх тэрээһиннэр эһиил сайын ыһыах кэмигэр ыытыллыахтара диэбит.
- Сэтинньи 12 — Троцкай уонна Зиновьев ВКП(б) кэккэтиттэн уһуллубуттар.
- Сэтинньи 17 — Москубаҕа ЦК ВКП(б) Политбюротун мунньаҕар Саха сиригэр конфедералистар хамсааһыннарын туһунан дакылаат истибиттэр уонна хамсааһыны түргэнник эһэргэ быһаарбыттар.
- Сэтинньи 18 — Дьарала диэн Арҕаа Хаҥалас сиригэр конфедералистар былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта ытыаласпыттар. Бу күн Дьокуускайга «Саха омук» култуура- сырдатар уопсастыба мунньаҕар конфедералистары утарар уонна хомуньуустары өйүүр туһунан уураах ылыммыттар. Сэбилэниилээх күүһү туһанан бэйэлэрин санааларын туруорсуу Саха АССР экэниэмикэтигэр уонна култууралыы олоҕор-дьаһаҕар харгыстары үөскэтэрин эппиттэр. Ол гынан баран, өрөсөлүүссүйэҕэ бастаанньаны күүс өттүнэн хам баттыыр туһунан этиилэр киирбэтэхтэр.
Ахсынньы
- Ахсынньы 4 — Конфедералистар холбоһуктаах мунньахтарыгар «Саҥа сахалар национальнай сэбиэскэй социалистыы орто уонна дьадаҥы бааһынайдар баартыйалара» («Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства») тэриллибит.
- Ахсынньы 19 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.
Төрөөбүттэр
- Иванова Александра Дмитриевна (1927—2004) — саха норуодунай артыыһа.
- Олунньу 15 — Григорий Торотоев — учуутал, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын Учуутала, Арассыыйа норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү улууһун уонна Дьөккөн нэһилиэгин Ытык Киһитэ.
- Олунньу 18 — Нина Протопопова — суруналыыс, 50 сыл устата «Бэлэм буол» хаһыат тутаах эрэдээктэрэ, Дьокуускай куоратын (1996) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык киһитэ (2008).
- Кулун тутар 22 — Лыткина Анастасия Петровна (1927—1989) — саха биллиилээх ырыаһыта, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Кулун тутар 25 — Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыытыгар учуутал Чибыева Анастасия Ильинична (02.09.2006 өлб.). Өр сылларга Адыаччы оскуолатыгар учууталлаабыта, дириэктэрдээбитэ.
- Кулун тутар 29 — Александра Охлопкова — сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы.
- Ыам ыйын 19 — Чиряев Константин Спиридонович (1927—1997) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Ороһутааҕы норуодунай педагогика түмэлин олохтооччута.
- Ыам ыйын 31 — Шестаков Егор Петрович — Эрчимэн (1927—1996) — поэт, литератураны ырытааччы.
- Бэс ыйын 18 — Лобанов Матвей Матвеевич — опера ырыаһыта, Саха АССР норуодунай артыыһа.
- Атырдьах ыйын 4 — Ефимов Моисей Дмитриевич, саха норуодунай поэта.
- Атырдьах ыйын 10 — Мөкүрдээнэп Лаврентий Иннокентьевич, балет артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа.
- Атырдьах ыйын 20 — Рыбаковскай Эдуард Михайлович (1927—2010) — биллиилээх суруналыыс.
- Алтынньы 14 — Николай Федотов - Торбаза — хайыһардьыт, Саха АССР спордун маастара, Иккис Наахара нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, «Хохочой — Дьокуускай — Майа» хаһыйарынан десант кыттыылааҕа.
- Алтынньы 20 — Тазлова Римма Семеновна, медицина доктора, профессор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа.
- Алтынньы 22 — Дмитрий Кириллин — тылбаасчыт, кириитик, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Казахстан өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата.
- Сэтинньи 20 — Михаил Ульянов — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, режиссёр, ССРС народнай артыыһа.
- Ахсынньы 5 — Руфов Семен Титович — Сэмэн Руфов — саха норуодунай поэта.
- Ахсынньы 5 — Василий Босиков — 1993—2008 сылларга Музыка үрдүкү оскуолатын ректора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ, Уус-Алдан улууһун уонна Дүпсүн нэһилиэгин ытык киһитэ. 2012 сыллаахха Василий Босиков аата Музыка үрдүкү оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- Ахсынньы 12 — Мария Канаева — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Ахсынньы 12 — Александра Захарова — педагогика билимин хандьыдаата, доцент.
- Ахсынньы 20 — Федосеев Иван Егорович (Доосо) — поэт, прозаик, тылбаасчыт, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын чилиэнэ.
- Ахсынньы 21 — Попова Марина Константиновна, ырыаһыт, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Өлбүттэр
- Кулун тутар 3 — Михаил Арцыбашев (1878 төр.), нуучча суруйааччыта, драматург уонна публицист.
Литература
- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.
Предпросмотр примечаний
- ↑ Пантелеева И.Д., Гусева Н.В. Время выбрало нас: 75-летию Якутского индустриально-педагогического колледжа посвящается. — Якутск: Якутский край, 2009. — С. 13. — 272 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-89053-103-2