От ыйын 31
От ыйын 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 212-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 213-c күнэ). Сыл бүтүө 153 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Африка дьахтарын күнэ (1962 сыллаахха Дар-эс-Саламҥа буолбут Африка дьахталларын кэмпириэнсийэтигэр олохтоммута)[1][2].
- Гавайи — Гавайи былааҕын күнэ.
- Доминика Өрөспүүбүлүкэтэ — Аҕа күнэ
- Ираан — Ираан дуонарын күнэ
- Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт күнэ
- Малайзия — Боотурдар күннэрэ
- Польша — Казначейство күнэ
Литэрэтиирэ
- Аан дойдуга Гарри Поттер туһунан кинигэлэри сөбүлээччилэр кумирдарын төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэр. Бу күн персонааһы айбыт суруйааччы Джоан Роулинг бэйэтэ төрөөбүтэ.
- Сөбүлүүр кинигэлэри ахтар күн. Аан бастаан 2006 сыллаахха Амстердам кинигэни таптааччылара бэлиэтээбиттэр, онтон атын дойдуларга тарҕаммыт.
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 30 сыл — Александрия аттынааҕы кыргыһыы: Марк Антоний сэриитэ Октавиан сэриилэрин кыайбыт, ол эрээри аармыйатын улахан аҥаара кэлин ыһыллан хаалбыта, онтон сылтаан бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ.
- 781 — Японияҕа Фудзи вулкаан саамай эрдэтээҕи эстиитэ буолбут (докумуоҥҥа киирбиттэртэн). Былыргы ааҕыынан Тэн'о (天応) эратын бастакы сылын сэттис ыйын алтыс күнүгэр.
- 1498 — Арҕаа эҥэлэйгэ үһүс айаныгар Христофор Колумб Тринидад арыыны арыйбыт бастакы европеец буолбут.
- 1655 — Нуучча-Польша сэриитэ (1654–67): Нуучча аармыйата Литва улуу княжествотын киин куоратыгар Вильнюска киирбит, онно алта сыл турбут.
- 1658 — Ииндийэҕэ Аурангзеб Улуу Моҕуоллар импэрээтэрдэринэн биллэриллибит.
- 1715 — Куубаттан арахпыт көмүс тиэйиилээх Испания хараабыллара Флорида аттыгар күүстээх тыалга түбэһэн тимирбиттэр. 12 хараабылтан 11 тимирбит, ол хараабыллар көмүстэрин билигин да хостууллар.
- 1740 — Миитэрэй Лаптев Индигииртэн муораҕа тахсыбыт. Бу сырыытыгар Эһэлээх диэн кэлин ааттаммыт арыылар бөлөхтөрүттэн бастакыларыгар — Св. Антоний арыытыгар — атырдьах ыйын 3 күнүгэр тиийбит, ол кэннэ атырдьах ыйын 14-гэр Улахан Бараан тумуһугар тиийбит.
- 1805 — Эмчиттэри Саха уобалаһыгар ыытар туһунан ыйаах тахсыбыт. Бастакы кылаабынай медигынан Реслейн диэн быраас ананан үлэлээбит. Саха сирин доруобуйатын харыстабылын үлэтин устуоруйата бу күнтэн ааҕаллар.
- 1860 (эргэ истиилинэн от ыйын 19 күнэ) — Дьокуускайга бастакы оҕо приюта аһыллыбыт, кэлин "Мария" аатын сүкпүт. Онуоха анаан атыыһыт Н. И. Чепалов сиэртибэлээбит харчытынан Большая уулуссаҕа турар таас дьиэ атыылаһыллыбыт.
- 1865 — Саха сирин губернатора Илин Сибиир генерал-губернаторыгар Дьокуускайдааҕы реальнай училищены реальнай прогимназияҕа кубулутар туһунан ходатайство туһэрбит.
- 1904 — Симучэн аттынааҕы кыргыһыы. Нуучча уонна дьоппуон сэриилэрэ Манчжурияҕа Порт-Артуртан чугас Симучэн диэн дэриэбинэ аттыгар кыргыспыттар. Дьоппуон 34 тыһыынчалаах сэриитэ нуучча 33 тыһыынчалаах сэриитин кыайбыт.
- 1911 — академик Радлов В. В. саҕалааһынынан Дьокуускайга Сибиири үөрэтэр уонна олоҕун-дьаһаҕын тупсарар уопсастыба отдела арыллыбыт.
- 1912 — Дьокуускайга улахан халабыр буолбут. Уоруйахтар «Коковин уонна Басов» атыы дьиэтиттэн көмүс уонна да атын сээкэйдэри уоран 10 тыһыынча солкуобайдаах хоромньуга тэппиттэр.
- 1919 — Күһүҥҥүттэн ыла салҕаммыт Сэтинньитээҕи өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Германия өрөспүүбүлүкэ буолбут.
- 1932 — НСДАП (нацистар баартыйалара) Германияҕа быыбарга 38% куолаһы ылбыт.
- 1938 — Приморскай кыраай кыраныыссатыгар Хасан күөлүгэр Сэбиэскэй Сойуус уонна Дьоппуон ыккардыларыгар кыргыһыы саҕаламмыт.
- 1941 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Смоленскайдааҕы кыргыһыы түмүгэр Германия 300 000 кэриҥэ сэбиэскэй саллааты билиэн ылбыт.
- 1954 — Италия альпинистара аан бастакынан К2 (Чогори) диэн Гималаай хайаларыгар баар чыпчаалга тахсыбыттар. Бу чыпчаал үрдүгүнэн аан дойдуга иккис.
- 1955 — Мииринэй бөһүөлэк аатын ылбыт. Бу күнү Мииринэй куорат төрүттэммит күнүнэн ааҕаллар.
- 1976 — Канада Монреалыгар Олимпийскай оонньууларга көҥүл тустууга финаллар ааспыттар. Манна Дмитрий Коркин иитиллээччилэрэ Павел Пинигин кыһыл көмүс мэтээли, оттон Александр Иванов уонна Роман Дмитриев үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбыттар.
- 1985 — Саха АССР-га Монголия күннэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэммиттэр. МНР артыыстара Саха государственнай музыкальнай тыйаатырыгар, «Спартак» стадиоҥҥа, Намҥа, Покровскайга, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Мирнэйгэ, Ньурбаҕа, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ сылдьаннар, бэйэлэрин айар талааннарын көрдөрбүттэр. Монгол суруйааччылара саха суруйааччыларын кытта көрсүбүттэр, монгол киинэлэрэ көрдөрүллүбүттэр, Монголия худуоһунньуктарын быыстапката буолбут.
- 1991 — АХШ уонна ССРС стратегическай (ядернай) сэрии сэбин аҕыйатар СНВ-I дуогабарын түһэрсибиттэр. Сотору кэминэн Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын да иһин Арассыыйа бу дуогабары тутуспута.
- 1992 — Грузия Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр (ХНТ) киирбит.
- 2008 — Марска уу көстүбүтүн туһунан НАСА иһитиннэрбит.
- 2012 — Харбыыһыт Майкл Фелпс биир Олимпийскай оонньууларга сүүйбүт мэтээлин ахсаанынан 1964 сыллааҕы гимнастка Лариса Латынина рекордун куоһарбыт.
Төрөөбүттэр
- 1912 — Милтон Фридман, АХШ экэнэмииһэ, Нобель бириэмийэтин лауреата.
- 1914 — Илья Винокуров - Чаҕылҕан — оҕолорго анаан суруйбут саха бэйиэтэ, суруйааччыта, тылбаасчыта.
- 1914 — Франция киинэтин артыыһа, аан дойду биллиилээх комиктарыттан биирдэстэрэ Луи де Фюнес төрөөбүт.
- 1930 — сыырка артыыһа, клоун Олег Попов.
- 1937 — ырыаһыт Эдита Пьеха.
- 1965 — Джоан Роулинг — Британия суруйааччыта, Гарри Поттер туһунан арамааннар сиэрийэлэрин суруйбутунан биллэр.
- 1985 — Дьокуускайга суруналыыс уонна уопсастыбанньык Антон Жондоров, News.Ykt.Ru тутаах эрэдээктэрэ этэ.
Өлбүттэр
- 1556 — Игнатий Лойола (1491 төр.), Иезуиттар уордьаннарын төрүттээччи.
- 1784 — француз суруйааччыта, бөлүһүөк, сырдатааччы Дени Дидро.
- 1944 — Антуан де Сент-Экзюпери (1900 төр.), француз суруйааччыта, эссеист, авиатор. Разведкаҕа сылдьан сөмүлүөтүн кислороду хааччыйар аппараата алдьаныытын түмүгэр өлбүт.
- 2016 — Фазиль Искандер (1929 төр.), ССРС уонна Абхазия суруйааччыта уонна бэйиэтэ.
|
Предпросмотр примечаний
- ↑ 31 июля провозглашён днём Африканской женщины
- ↑ События 31 Июля Архыыптаммыт 2013, Муус устар 4 күнүгэр.