Балаҕан ыйын 2
Балаҕан ыйын 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 245-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 246-c күнэ). Сыл бүтүө 120 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Иккис Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ
- Вьетнам — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Приднестровье — Тутулуга суох буолуу күнэ
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 44 сыл — Юлий Цезары өлөрүү кэнниттэн Цицерон полководец Марк Антонийы утарар 14 тыл этиититтэн бастакыларын эппит. Бу этиилэрэ филиппика диэн ааттаммыттара, киэҥник биллибиттэрэ. Сенат Цицерон этиитин ылынан Антонийга "дойду өстөөҕө" диэн ааты иҥэрбитэ. Ол эрээри, былааска син биир Антоний кэлбитэ (Октавианныын уонна Марк Лепидтыын триумвират олохтообуттара) уонна бэлиитиги өлөттөрбүтэ.
- 1192 — Англия хоруола Ричард I уонна Саладин Яффатааҕы эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр, Үһүс кириэстээх бохуот түмүктэммит.
- 1666 — Лондон куоракка улуу уот туран 10 муҥтан (тыһыынчаттан) ордук дьиэни, ол иһигэр Сибэтиэй Павел эргэ собуорун сиэбит.
- 1752 — Британия Григориан халандаарыгар көспүт.
- 1858 — Амыр (Амур) өрүһүнэн уһун айан кэнниттэн Дьокуускайга аҕабыыт Иннокентий төннүбүт. Бу ый 20 күнүнээҕи уолугар суруйбут суругар маннык диэбит: «Да! Мы видим комету с большим хвостом; видите ли Вы? Она с каждым днем видимо приближается к земле. В Якутске лето было бездождливое, но сена запасено и хлеба урожай порядочный».
- 1906 — Дьокуускайга эр дьоҥҥо аналлаах биэлсэр оскуолатын бастакы педсовета буолбут. Бу күнү Дьокуускайдааҕы С. Орджоникидзе аатынан мэдиссиинэ кэллиэһэ арыллыбыт күнүнэн ааҕыллар.
- 1945 — Токио хомотугар Миссури линкор палубатыгар Дьоппуон биир тыла суох бэриниитигэр илии баттаммыт. Манан Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит.
- 1949 — Югославия ССРС-тыын байҕал уонна салгын сөбүлэҥнэрин тохтоппут.
- 1969 — Интэриниэт төрөөбүт күннэриттэн биирдэстэрэ. Калифорния университетын лабораториятыгар икки көмпүүтэр ардыгар бастакы ситим олохтоммут.
- 1987 — 19 саастаах Матиас Руст суута саҕаламмыт, кини ыам ыйыгар кырачаан Cessna сөмүлүөтүнэн ССРС-ка көтөн кэлэн Кыһыл болуоссакка олорбута.
- 1990 — Приднестровье бэйэтин сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэнэн биллэрбит. ССРС баһылыга Михаил Горбачев маны дьиҥэ суоҕунан биллэрбит.
- 1991 — Хайалаах Карабаах өрөспүүбүлүкэтэ Азербайджантан толору тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1992
- Омуктар бичиктэрин көмпүүтэр өйдүүрүн курдук биир халыыпка киллэрэр UTF-8 кодировка баар буолбут.
- АХШ уонна Арассыыйа ыккардыгар суруналыыстар уонна урбаанньыттар сылдьыыларын хааччахтыыры суох гынарга сөбүлэспиттэр.
- 1993
- Узбекистан 2000 сылга диэри кириллицаттан латыын алпабыытыгар көһөрүн туһунан биллэрбит. Бу көһүү болдьоҕо маҥнай 2005 сылга диэри уһатыллыбыта, онтон 2010-ҥа, 2015-кэ. Билиҥҥи былаанынан латыын алпабыытыгар дойду 2021 сылга көһүөхтээх.
- Арассыыйа уонна АХШ космоска МКС тутар туһунан сөбүлэспиттэр.
- 1994 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын генофондаларын харыстыыр департамент тэриллибит. Икки кэскиллээх сорук туруоруллубут. Бастакыта — генофону харыстыыр уталытыллыбат дьаһаллары олоххо киллэрии, 2001 сылга диэри арыгылааһыны 25%-ҥҥа тиийэ аҕыйатыы. Иккиһэ — кэскиллээх программаны оҥорон, олоххо киллэрэн, генетика өттүнэн чөл ыччат төрүүрүн-үөскүүрүн ситиһии.
- 1996 — Арассыыйаҕа суутунан тиһэх өлөрүү буолбут.
- 2008 — Google Chrome браузер тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1908 — Иван Рожков — учуонай, геолог, 1957—1964 сыллардааха ССРС НА Сибиирдээҕи филиалын Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
- 1919 — Владимир Лонгинов (18.11.1943 өлб.) — сержант, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, саха малын-салын үөрэтэр идэлээх этнограф.
- 1960 — СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ дорубуйатын харыстабылын туйгуна Инна Мулина.
Өлбүттэр
- 1937 — Пьер де Кубертен — аныгылыы Олимп оонньууларын төрүттээччи.
- 1944 — Михаил Шараборин-Кумаров (1866 с.т.) — Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх олоҥхоһут. ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Суруллубут олоҥхолоро: Кулун Куллустуур, Улуу Даарын, Дьиэрбэк Бэргэн, Тура төрөөбүт Дуо бухатыыр, Босхоҥ Дуолан Бухатыыр.
- 1969 — Хо Ши Мин (1890 с.т.) — Вьетнам Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ.
- 1973 — Джон Толкин (1892 с.т.) — Англия суруйааччыта, лингвист, филолог.
|